top of page
Совхозка үлэлээбит кырдьаҕастарбыт ахтыылара
IMG-20230301-WA0027_edited.jpg

Нам оройуонун «Хатын-Арыы» совхоз партийнай тэрилтэтин салайбыт кэмнэрим туһунан ахтыы.

             Мин ССКП Намнааҕы оройуоннай комитетыгар 1980 с. тохсунньутугар анаммытым, бастаан пропаганда уонна агитация отделын инструкторынан, онтон отдел сэбиэдиссэйин солбуйааччытынан, кэлин уопсай отдел сэбиэдиссэйэ этим. Ити 1985 сыл этэ. Тохсунньу ый бүтүүтэ миигин Райком 1 секретара Саввинов Г.М. ыҥыран ылан кэпсэттэ: «Илья Гаврильевич, эн Райком аппаратыгар 5 сыл үлэлээтин, опытырдын, партийнай үлэни биллин, дьону кытта сүрдээҕин тапсарын, олохтоох кадргын. Ол иһин, эйиигин аны быһаччы производстваҕа тахсан үлэлииргэр, эдэр киһини инники улахан перспективаҕын бэлэмниибит, аны «Хатын-Арыы» совхоз партийнай комитетын салайарга туруорабыт» -диэн  эттэ.

Онон 1985 с. тохсунньутугар «Хатыҥ-Арыы» совхоз коммунистарын уопсай мунньахтарыгар куоластааннар партком секретара буолбутум. Райкомна  5 сыл устатыгар оройуону бүтүннүүтүн кэрийэн совхозтар, тэрилтэлэр үлэлэрин-хамнастарын үчүгэйдик билэр кэмим этэ. Ол иһин, саллыбатаҕым. Иккиһинэн, ити кэмнэргэ дойду үрдүнэн улахан уларыйыылар бара турар этилэр. ССКП КК генеральнай секретарынан эдэр киьи Горбаев М.С. анаммыта. Партийнай эйгэҕэ эдэр кадрдар анаммыттара, сана политика саҕаламмыта.

               Ити кэмҥэ «Хатыҥ-Арыы» совхоз урукку бөдөҥсүйбүт «М.Аммосов» совхозтан арахсан тэриллибит буолан сайдан эрэр кэмэ этэ. Дойду үрдүнэн тыа хаһаайыстыбатыгар саҥа хайысхалар, сүүрээннэр киирэн эрэллэрэ. «Хатыҥ-Арыы» совхоз оройуонна соҕотох эти элбэтээччи хайысханан барбыта, сүрүн туһаайыыта ити эрэ этэ, ону кытта 2 отделенияҕа ыанньык сүөһүлэр эмиэ бааллара Кыһыл дэриэбинэҕэ уонна Бөтүннэ. Онон ыччат сүөһүнү элбэтии, ити түмүгэр кинилэри түргэнник уотан-аһатан, интенсивнай методынан ыйааһыннарын күүскэ эбэн 1,5 – 2,5 саастаахтары госзакупка туттарыы хайысхата ылыллыбыта.

Ити ирдэбиллэринэн салыйтаран партийнай тэрилтэ иннигэр саҥа ирдэбиллэр турбуттара:

  1. Урукку курдук, үрдүттэн кэлтэй дьаһалымсыйыыны тохтотон, саҥа сүүрээн киллэрэн сүрүн болҕомтону үлэ киһитигэр туһаайыы, үлэ коллективтарын оруолларын үрдэтии буолбута.

  2. Элбэхтик үлэ миэстэтигэр сылдьан үлэ хайдах тэриллэрин быһаччы билсиһии, ханнык-туох кыһалҕалар баалларын тутатына быһаарсыы.

  3. Онон сибээстээн эппиэттээх үлэ иһин, спеиалистартан – зоотехниктар, ветеринардар, биригэдьиирдэртэн  ирдэбили күүһүрдүү соруга турбуттара.

  4. Үлэлиир усулуобуйаны тупсарыы, сүөһү үлэтигэр чуолаан ньирэй көрүүтүгэр эппиэттээх, дьиссипилиинэлээх дьону аттаран туруоруу ирдэммитэ.

               Оройуоҥҥа «Хатыҥ-Арыы» совхоз биир саамай улахан хаһаайыстыба буолбута. 4 отделениялаах: Аппааны, Кыһыл Дэриэбинэ, Бөтүҥ, Искра. Ус нэһилиэктээх: Хатыҥ-Арыы, Бөтүҥ, Искра. Совхоз партийнай комитетыгар 5 сыахтаа5ы партийнай тэрилтэлэр киирэллэрэ –Аппааны, Бөтүҥ, Кыһыл Дэриэбинэ, Искра уонна киин салайар аппарат. Барыта 200 тахса коммунист баара. Ити таһыгар Аппааны оскуолата туһунан партийнай тэрилтэлээҕэ. Улахан  партком буолан, Партия Райкома партийнай анал кабинет баар буоларын көҥүллээбитэ. Манна эдэр коммунист, үрдүк үөрэхтээх Ноговицын Д.И. үлэлээбитэ. Кыһамньылаах, дьону кытта олус тапсара, партком үлэтигэр улахан тирэх буолбута. Бары пропагандистскай, политическай үлэ партийнай уураахтар хонтуруоллара, боппуруостары бэлэмнээһин, сыахтааҕы партийнай тэрилтэлэри кытта сибээс уо.д.а. кини нөҥүө ааһаллара. Парткабинет совхоз хонтуоратын муннугар анал хостооҕо, онно партком мунньахтарын, экономическай уонна политүөрэхтээһин уонна атын мероприятиялар ыытыллаллара. (Кыһыл Дэриэбинэ), Лукин М.М. (Аппааны), Парникова З.Д.(Искра), Попова М.С.(Киин аппарат) дьоһуннаах тэрийэр үлэни ыыталлара, коммунистар нөнүө үлэҕэ ирдэбили күүһүрдэллэрэ. Партком үлэтигэр күүстээх тирэх буолбуттара.

                   Совхоз эт-үүт хайысхалаах буолан, сүрүн болҕомто ыччат сүөһүнү элбэтиитэ, ону төлөһүтүүгэ ууруллубута. Бэйэ ньирэйдэрин таһынан, элбэх ньирэйи тастан сүнньүнэн «Дьокуускай» уонна «Хатас» совхозтартан атыылаһар этибит. Олору 1,5-2,0 сыл устата күүстээх аһылыкка – интенсивнай уотууга туруоран, күһүнүгэр госзакупка Дьокуускайдааҕы эт комбинатыгар киллэрэн туттараллара. Ити олус сындааһыннаах, ыарахан үлэ этэ. Күһүн балаҕан, ардыгар алтынньы ыйдарга «Граф биэрэгэр» үүрэн киллэрэн сүүһүнэн борооскуну баржаҕа симэн, Өлүөнэнэн Дьокуускай анныгар «Харыйалаах» диэн арыыга тиксэрэллэрэ. Кинилэри кытары бостууктар, биригэдьиирдэр, зоотехниктар, ветеринардар хайаан да баар буолаллара. Онтон совхоз кылаабынай зоотехнига Петров Е.И., юрист Атласов мясокомбинатка күүтэллэрэ. Бу эппиэттээх үлэни Петров Е.И. кыайа тутара, үлэтин ымпыгын барытын билэр буолан хаьан даҕаны кыайыылаах тахсара. Арай биир түгэҥҥэ эрэ, ыйы-ыйынан мөккүһэн, дьыаланы суутунан кыайан тахсыбыттарын өйдүүбүн. Эрдэттэн график, дуогабар бөҕөнү түһэрсэллэрэ.

               Үлэм бастакы сылларыгар, ньирэй бөҕөтө өлөн улахан айдаан тахсыбыта. Совхоз ол сыл ночоокко тэбиллибитэ. Мунньах бөҕөтө, маргыар бөҕөтө. Бэрэбиэркэ ыыталаан, комиссиялар түмүктэрин киэн ыҥырыылаах партком уонна дирекция мунньахтарыгар дьүүллэһии буолбута: «Тугу оҥоробут, хайдах гынан итэҕэстэри туоратабыт?!» Сүбэлэһэн баран, киэн ынырыылаах партком мунньаҕын тэрийэн кытаанах кэпсэтии буолбута олох аһаҕастык. Бары үлэһиттэр, бэйэ-бэйэҕэ көлбөрүппэккэ, тугу оноруохха өссө диэн салаанан салайтаран этиммиттэрэ. Ол түмүгэр, сүөһүнү көрөр-харайар усулуобуйаны төрдүттэн тупсарыахха, чопчулаан ньирэйи тиэйэр-таьар ичигэс массыыналары онортуохха, фермалары ичигэс уонна кураанах гына тутуохха, аьылык хаачыстыбатын тупсарыахха, эбии аһылыгы элбэтиэххэ.

            Биир бастакынан – ветеринарнай сулууспа үлэтигэр кытаанах хонтуруолу олохтуурга, эппиэтинэһи ньирэй көрөөччүлэри кытта тэҥҥэ сүгэргэ. Ороскуоту зооветеринарнай сулууспаттан эмиэ күүскэ ирдииргэ ыйыллыбыта.

Иккиһинэн – ньирэйдэри көрүүнү сүрүннээн биир сиргэ онорорго, онно бары усулуобуйаны тэрийэргэ. Аппааны отделениятыгар «Чараҥ» комплексыгар, 2 саҥа хотоннор тутуллубуттара, барыта 5 хотоҥҥо толору механизация оҥоһуллубута: сылаас уулаах автопоилкалар, ноһуому таһаарарга ТСН (траспортердар), хотоннорго электроспираллаах бетоннай плиталар турбуттара (Намҥа Сельэнерго тэрилтэ онороро). Онон хотоннор сылаас уонна кураанах буолбуттара. Ньирэй көрөөччүлэргэ   уонна специалистарга «эпидемиологическай режим» олохтоммута. Доруобуйаларын ыйга биирдэ хайаатар да бэрэбиэркэ барыахтаахтара. «Ньирэй диэн саҥа төрөөбүт оҕо курдук» көрүллүөхтээх диэн ирдэбил турбута. Нэдиэлэ аайы зоотехническай аһылык райпоҕа оҥоһуллар буолта, микро-макро биологическай эбиликтэр, көөнньөрбөлөр ирдэнэллэрэ. Атын дьон тастан сырыылара бобуллубута.

                    Үсүһүнэн – ньирэйдэри тиэйиини-таһыыны кытаанах хонтуруолга ылыллыбыта,  маныаха бары суоппардар, зоотехниктар, биригэдьиирдэр, ветеринардар тэҥҥэ эппиэти сүгэллэрэ. Урукку өттүгэр, аһаҕас массыынанан тиэйиллэр эбит буоллаҕына, анал ичигэс бүрүөһүннээх «алка» массыыналар ылыллыбыттара, иһигэр олбохтор оҥоһуллубуттара. Ньирэйи талан ылыыга ветеринардар эппиэтинэстэрэ күүһүрбүтэ, хас «оккуран» ньирэйгэ материальнай эппиэтинэс олохтоммута. Ньирэйи биэрээччилэр мөлтөхтөрүн соннууллара биллэр этэ. Ньирэйдэри аҕалан бараннар, анал акт быһыытынан көрөөччүлэргэ туттараллара олохтоммута.

                   Итилэр түмүктэрин, партком эбэтэр дирекция мунньаҕар дьүүллэһэр буолбуппут, нэдиэлэ аайы. Итинник дьаһаллар күүскэ олохтононнор, дьон барыта өйдөөбүтэ уонна ылыммыта. Ньирэй көрөөччүлэр оһуобай болҕомтоҕо киирбиттэрэ, хамнастара үрдээбитэ. Маҕаһыыннарга кинилэргэ анал «муннук прилавкалар» бааллара, хлеб, чай, сахар уонна да атын бородуукталар быстыбат этилэр. Уочаракка анньыһыы кинилэргэ суоҕа.

                   Итилэр түмүктэригэр ньирэй өлүүтэ «ЧП» буолбута, онон совхоз кэлин барыстаах өрүккэ тахсан кэлбитэ. Итинник ирдэбиллэр совхоз бары отделенияларыгар, салааларыгар киирбиттэрэ.

                   Сүөһү үлэһиттэригэр барыларыгар болҕомто ууруллубута. Кинилэр үлэлэрин түмүгэ бу совхоз дохуота, инники кэскилэ диэн өйдөбүлү партийнай тэрилтэ бары салаа үлэһиттэргэ тиэрдэрэ. Араас санаалар бааллара, ордук суоппардар, механизатордар «сүөһү үлэһиттэрин аһара үрдүктүк тутаҕыт, кинилэри хааччыйааччылар биһиги буолбатахпыт дуо?!»  Итилэри партком уонна партийнай тэрилтэлэр экономическай, араас политическай үөрэхтээһин нөҥүө быһааран, өйдөтөр үлэни ыыталларын түмүгэр өйдөөһүн, ханна барыай, син биир тылга кэлэллэр.

                 Сүөһү үлэһиттэригэр анаммыт дьиэлэр, кыһыл муннуктар тэриллибиттэрэ, күнүс «итии аһылык» баар буолбута, телевизор, хаһыаттар, өссө киэн сиргэ теннис остуола баар этэ. Аны хас бээтиҥсэ аайы «сүөһү үлэһиттэрин күнэ» диэн тэриллэрэ, бу күн биир да мунньах буолбата, бобуллар этэ. Бары кылаабынай специалистар бу күн үлэһиттэргэ көрсүһүүлэри, бэсиэдэлэри, үөрэхтээһини ыыталлара. Оройуон, совхоз сонуннарын, көрдөрүүлэрин кэпсииллэрэ. Ити барыта совхоз үрдүнэн тэриллэрэ. Партком секретара да, совхоз директора да бары хабыллар этилэр. Ити анал графигынан, ону оҥорооччу партийнай кабинет буолара, хайаан да тутуһуллар этэ. Эмиэ бу кэмҥэ оройуонтан, Райкомтан, Райсоветтан бэрэстэбиитэллэр сылдьаллара, ол иһин үлэһиттэр сонуннары истэ-билэ сылдьаллара, наадалаах боппуруостарын туруорсаллара.

Аны итинник көрсүһүүлэр түмүктэрэ бэнидиэнньик ахсын сарсыардааҥы дирекция мунньаҕар истиллэрэ, дьаһаллар наада буоллаҕына тутатына ылыллаллара эбэтэр туһааннаах салаалар салайааччыларыгар бэриллэллэрэ уонна ирдэнэрэ. Ол иьин, совхоз салалтата балаһыанньаны тутан олороро. Бу олус көдьүүстээх ньыма этэ.

               «Хатыҥ-Арыы» совхоз ити кэмҥэ, оройуоҥҥа саамай элбэх төбө сүөһүлээҕэ, барыта 4,5 тыһыынчаҕа тиийэрэ, сылгыта 2,5 тыһыынча курдуга. Оройуон иһигэр, биир эрэ сиргэ «Бөтүҥҥэ» сылгы племенной ядрота баара, ону опыттаах сылгыһыт Лукин Банифатий Гаврильевич көрөрө. Манна анаан Верхоянскайтан хас да атыыр сылгылары ылбыппыт. Кинилэр төрүөхтэрэ оройуоҥҥа тэнийбит буолуохтаахтар.

               Совхоз производствота ааҕан-суоттаан үлэлээһинтэн улахан тутулуктааҕа. Ити кэмҥэ Дойду үрдүнэн тэнийбит «Экономика должна быть экономной» диэн лозунг үлэлиирэ уонна производства бары салааларыттан ирдэнэрэ. Партком уонна партийнай кабинет тэрийиитинэн совхозка экономическай үөрэхтээһин күүскэ ыытыллыбыта. Сыахтааҕы партийнай тэрилтэлэр, секретардар Попова М.С. (киин аппарат), Лукин М.М. (Аппаны), Кугданов М.Ф. (Бөтүҥ), Петухова М.И. (Кыьыл Дэриэбинэ), Парникова З.Д. (Искра) бары салаа үлэһиттэргэ ирдэбили уонна тэрээһиннээх үлэни ыыппыттара. Кинилэргэ совхоз парткома, партийнай кабинета кыаллар бары көмөнү онороро: араас брошюралар, ыстатыйалар, кинигэлэр. Специалистарга, биригэдьиирдэргэ күүстээх көмөнү совхоз көрдөрүүлэрин, экономическай ааҕыылары уонна да атыны совхоз главнай экономиһа Попова М.С. салайар сулууспата оҥороро.

                Бары салаа үлэһиттэригэр – сүөһү, хонуу үлэтэ, механизатордарга, бухгалтерия – үлэ нуорматын тутуһуу, ааҕан-суоттаан улэлээһиҥҥэ ирдэбил кытааппыта. Холобура: от нуорматын аһара барыы, механизатордарга, суоппардарга горючэйи ороскуоттааһыҥҥа биир литрга тиийэ аахсыы буолара.

                  Ити барыта улэһити бэрээдэктээбитэ, ааҕарга-суоттуурга үөрэппитэ, түмүгэ көстүбүтэ.

              Совхоз сир үлэтигэр – бурдукка, хортуопуйга, эбии аһылыгы оҥорууга (АВМ, сиилэс, мутукча уод.а.) киэҥ үлэни ыытара. 2000 га сиргэ бурдук, күөх үүнээйи, хортуопуй ыһаллара. Ыһыы улэтэ икки срогунан ыам ыйын 10 күнүттэн бэс ыйын 15 күнүгэр дылы барара. Сири таҥастааһыҥҥа кылаабынай агроном, улахан опыттаах, ирдэбиллээх, сатаан туруорсар саҥа идеялаах Еремеев И.Л. улэлээбитэ. Бааһыналары тупсаран оҥоруу, хорутууга, ньуурдааһыҥҥа саҥа агрономическай ирдэбиллэри киллэрбитэ. Маны көрө-билсэ атын оройуоннартан, опыт ыла хас да делегация сылдьыбыта. Сир оҥоруутугар тракторист Маркова Екатерина Россияҕа баран «Лауреат үрдүк ааты» ылары ситиспитэ. Аппааныттан Дьяконов Гр., Бөтүҥтэн Христофоров В. оройуоҥҥа бастыҥнар этилэр.

               Хортуопуй ыһыыта оройуоҥҥа саамай киэн этэ 250 га. Манна эмиэ аан бастаан «сана метод» голландскай ньыма туттуллубута. Сүнньүнэн хортуопуй бааһыналарын аллараа арыы сирдэргэ оноһуллубуттара – ордук сииги тутар диэн. Ол курдук Бөтүҥҥэ «Чаллаайы», «Баакычча», Кыһыл Дэриэбинэҕэ «Тумарча», Аппаныга «Сөксөл». Бааһыналарга органическай удобренияны (сүөһү балбааҕын) 2 сыл устата курулаан баран киллэриллэр этэ, ол иһин хотоннор тастарыгар «саах булгунньахтар» өрөһөлөммүттэрэ. Билигин даҕаны чааһынайдар итини тутталлар дии.

               Бурдугу харайыыга эмиэ сана ньыма «ЗАВ» диэн оҥоһуллубута, бурдугу ыраастыыр, куурдар. Билиҥҥэ дылы Кыһыл Дэриэбинэҕэ турар. Кылаабынай агроном Еремеев И.Л. саҥа ньымалара ыараханын да иһин, кэлин үчүгэй көрдөрүүнү биэрбитэ. Ол курдук бурдугу гатыттан 15-15 центнер ылбыппыт, хортуопуйу 90-110 центрен хомуйар этибит, оттон билигин хаһый?

              Сүөһү дороххой аһын – оттооһуну тэрийии биир сүрүн сорук буоларын бары билэбит. Оччолорго билиҥҥи курдук «минитехника» диэн отой да суох этэ. Оттуур звенолар – механизированнай, полумеханизированнай, көлө-илии уонна илиинэн этилэр. Тэрээһин үлэлэр эрдэттэн ыһыы бүтээтин кытта бараллара, ордук трактордар өрөмүөннэрэ. Партком оттуур звенолар салайааччыларын талан туруорууга сүрүн болҕомтону ууран, эрдэттэн партком мунньаҕар дьүүллэһэн, кэпсэтиһэн уураах таһаарар этибит. Үһүс звенолары салайарга коммунистары кытары кэпсэтии, сүбэлэһии таһаарыылаах буолара. Маныаха отделениялар управляющайдара сүрүн быһаарыыны ылыналлара. Сорох звеневодтар «өскө саҥа техника (трактор) биэрбэт буоллаххытына оттообоппут» диэн турааччылар баар этилэр. Оннуктартан булгуччулаахтык босхолонон, атын дьону таларбыт. От үлэтэ-сезон үлэтэ, онон техника от кэмигэр саахала суох улэлээһинин тэрийии – бу инженернай сулууспа сүрүн соругун быһыытынан партийнай ирдэбил кылаабынай инженер Винокуров З.И. «улахан сүгэһэр» быһыытынан сүктэриллэрин умнубатах буолуохтаах.

               Окко киирии, Ыьыах кэнниттэн, тутатына саҕаланара бэс ыйын 20-25 дылы. Звено элбэх, аны оттуур сирбит уу хаайтарыылаах өрүс арыылара. Онон син биир 4-5 хонук тардыалыктаах буолара. От былаана, сүөһү төбөтө элбэҕинэн, 6,0-7, тыһыынча тонна буолара, ити оройуоҥҥа саамай улахан көрдөрүү этэ. Былааны толорботох кэммитин өйдөөбөппүн, 7,5 тыһыынча тонна тиийэ оттуурбут. Кылаабынай инженер Захар Иванович ирдэбиллээх, эппитин ылыннарар, кыһамньылаах специалист быһыытынан сыаналыыбын. От кэмигэр техника элбэхтик алдьанара, ону оҥосторго киин мастарыскыайга наһаа элбэхтик кэлэллэрэ-бараллара, күн бөҕөтө сүтэрэ. Ону хайдах гынан туоратабыт диэн боппуруос турбута. Онуоха Захар Иванович бэрт үчүгэй толкуйу тобулан, тутатына дьаһал ылан улэҕэ киллэрбиттэрэ – 3 киһилээх киин мастарыскыай иһинэн өрөмүөннүүр суһал көмө этэрээтэ тэриллибитэ, биир МТЗ трактордаах, биир бортобуой УАЗ массыыналаах, саппаас чаастарын, сваркаларын, мотордарын тиэнэ сылдьан хантан «суһал сигнал» кэлэр да тутатына тиийэн өрөмүөннүүр, оҥорор этилэр. Маныаха трактордары үчүгэйдик билэр слесарьдар анаммыттара, кинилэргэ хамнастарын таһынан күһүн отунан эбии төлөбүр оҥоһуллара. Онон ити кэнниттэн, кэлии-барыы, күн-дьыл алдьаммат буолта. Звенолар үксүлэрэ рациялаах этилэр, онон күннэтэ сибээс баар этэ. Маныаха кини аппарат диспетчерскай сулууспата чаһы курдук үлэлиирэ – старшай диспетчер Евсеева Татьяна Гаврильевна үлэтигэр олус ирдэбиллээх, опыттаах, звеневодтары барыларын тарбах курдук билэр буолан, күннээҕи сводканы олох көтүппэккэ ылара, ол иһин партком да, дирекция да балаһыанньаны тутан олороллоро.

                   Үгэс быһыытынан хас нэдиэлэ бээтинсэтигэр звеноларга бэрэстэбиитэллэр элбэх сонуннаах, хаһыат, агитационнай кумааҕы бөҕөлөөх, оттооһун сводкатын туппутунан тарҕаһаллара. Понидельникка ити барыта дирекция мунньаҕар дакылааттанара. Ол да иһин, оттооһун хампаанньата тэрээһиннээхтик, туох да «ЧП» суох ыытыллара.

Партийнай комитет биир сүрүн соругунан нэһилиэнньэ, ол иһигэр совхоз улэһиттэрин социальнай олохторун усулуобуйатын тупсарыы этэ. Маныаха балайда улахан, таһаарыылаах үлэ барбытын ахтыахпын баҕарабын. Ол курдук, мин үлэлээбит кэммэр, Аппааныга саҥа типовой клуб, 100 миэстэлээх оҕо комбината, 2-лии квартиралаах арболитовай 5 дьиэ; Кыһыл Дэриэбинэҕэ ФАП уонна клуб дьиэтэ, Бөтүҥҥэ 4-түү квартиралаах 6 дьиэ, баанньык уонна  гараж арболиттан тутуллубуттара. Совхоз бэйэтин үбүнэн хаьаайыстыбаннай ньыманан сылга 12-лии квартираны улэ5э киллэрэрэ. Тумарча5а уонна Бетүннэ сайынны о5о сынньанар-улэлиир лаа5ырдара аьыллыбыттара. Совхоз тутуутун салаатын эдэр специалист Рехлясов В.С. бэркэ салайбыта.

                  «Кадр барыны быһаарар» диэн мээнэҕэ этиллибэт, быһаарар оруоллаах. Совхоз парткома бу хайысханы саамай сүрүн болҕомтоҕо тутара уонна ыһыктыбакка үлэлээбитэ. Совхоз директора Алексеев С.С. бастаан утаа итини сөбүлээбэт этэ, хайдах эрэ кини оруола намтыыр курдук саныыра. Онон сирэй кэпсэтии, онтон партком мунньаҕар сүбэлэһии кэнниттэн, бу сүрүн боппуруос Партия линияҕа буоларын өйдөөн, кэлин куруутун субэлэһэн производстваҕа аттаран туруоруу барара. Степан Степанович холку, кыраҕа ымыттыбат, ыксаабат майгылааҕа. Холкутук толкуйдаан, буһаран баран сөптөөх быһаарыылары ылаттыыра. Мин үлэлиир кэммэр, кини сиппит-хоппут, оройуоҥҥа убаастанар салайааччы быһыытынан биллэр этэ.

                  Петров Евтропий Иннокентьевич – кылаабынай зоотехник этэ, а5ам саастаах барыбытыттан, «Үлэ Кыһыл Знамя» орденнаах этэ, Ньурба киһитэ. Олус опыттаах, үлэтин ис хоһоонун ымпыгар-чымпыгар тиийэ билэр буолан, быһаарыыны тутатына ылынар, дьаһайар дьоҕурдаах этэ. Кини сулууспата, зоотехническай саамай элбэх үлэһиттээх сүрүн үлэ сулууспата этэ. Мин астынар этим.

                 Винокуров Захар Васильевич – кылаабынай инженер, саамай эдэр специалистпыт, үрдүк үөрэхтээх, олохтоох кадр, Аппааны уола. Түргэн туттуулаах, кэлэр-барар, кэпсэтиини бэркэ ыытар, булар-талар дьоҕурдаах, быһаарыылаах салайааччы.

Попова Мария Семеновна – кылаабынай экономист. Холку майгылаах принципиальнай, ирдэбиллээх салайааччы. Ааҕыы-суоттаһын, сөптөөх прогнозтары оҥоруу кини сүрүн үлэтин хааччыйбыта этэ. Саамай активнай коммунист, партком солбуллубат чилиэнэ, тирэҕэ буолара.

                 Отделенилар управляющайдара – Аппааныга Евсеев Д.Е., Кыһыл Дэриэбинэҕэ Платонов В.Е., Бөтүҥҥэ – Кугданов М.Ф., Искраҕа – Жирков П.Д. сүрдээх таһаарыылаахтык, бэриниилээхтик үлэлииллэрэ, бары коммунистар этэ. Үлэҕэ кыһалҕа, кыаллыбатах өрүттэр тахсаллара мэлдьэх буолбатах. Онуоха бастакы «уоту» управляющайдар көрсөллөрө, ол да үрдүнэн үҥсүһүү, ньоҕойдоһуу, айдаарсыы диэни отой өйдөөбөппүн, ити курдук дьону кытта кинилэр өйдөһөн-тапсан үлэлиири сатыыллара. Маныаха барытыгар Партком ыытар үлэтин түмүгэ эмиэ көстөр дии саныыбын.

                Партком Рабочком, комсомол – бары бииргэ үлэлиирбит, сүбэлэһэрбит. Ыыталыыр мероприятияларбытын бииргэ былааннанан, субэлэһэн баран партком мунньаҕын уурааҕынан бигэргэтэн онорорбут. Итинник куруутун кыайыылаах буолар этэ. Рабочком председателинэн Алексеев Афанасий Кириллович олус бэркэ улэлээбитэ. Олус добрай майгылаах, мэлдьитин күлэн мичээрдии сылдьар этэ. Кимиэхэ даҕаны «хаапыла да саҕаны» куһаҕаны төрүт санаабат, эриэккэс майгылаах быраатым этэ. Комсомол комитетын Евсеева Людмила салайбыта, ыччаттары түмэр дьоҕурдааҕа, ирдэбиллээҕэ, кэскиллээҕи таба көрөрө. Билигин да оннук дьаһаллаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар.

               Совхоз хас отделениятын, биригээдэтин ахсын үлэни өрө туппут, чулуу үлэһит дьоннордоох этибит. Холобура Аппааныга бастыҥ тырахтарыыстар - Маркова Е.И., Дьяконов Гр., суоппардар – Бурнашев В.В., Павлов В.В., Марков Е. уонна да атыттар. Кыһыл Дэриэбинэҕэ – ыанньыксыттар Дьяконова Е.И., Винокурова А.В., Дорофеева Е.А. уонна да атыттар, механизатор-раионализатор Сивцев Н.Н.. Бөтүҥҥэ – Эверстов Н.К. хортуопуй звенота, Лукин Б.Г. чемпион сылгыһыт, Кириллин Н.М. АВМ звеневода уонна да атыттар. Искраҕа -  Парникова З.Д. сүөһү биригэдьиирэ, Парников Д.Д. уонна да атыттар.

               Ветеран-хоммуньуус үлэһиттэрбитин ахтыбакка аһардахпытына «олус улахан» сыыһаны, хомолтолоҕу оҥорорбутун өйдүүбүн, бэйэм ветеран буолан олороммун.

               Аппааныттан саҕалаатахха – Левин.Л.Л., Иванов Д.С., Марков Г.А., Евсеев П.И. (Куустээх), Эверстов И.С., Гаврильев Н.С. уонна да элбэхтэр буолуохтаахтар. Кыһыл Дэриэбинэҕэ – Сивцев Н.Н., Решетникова М., Евстафьева П. уо.д.а. Бөтүҥтэн – Евстафьева И.А., Лукин Я., Алексеев К., Лукин Е.Г., Софронов И., Боброс С., Лукин Б.Г. уо.д.а

              1986 с. Партком быһаччы тэрийиитинэн биллиилээх биир дойдулаахпыт, бөдөҥ политическай государственнай деятель, сэрии кэмигэр Саха сирин Уобаластаа5ы Партия Комитетын 1 секретарынан үлэлээбит Илья Егорович Винокуров 80 сааһын совхоз, нэһилиэк иһинэн бэйэбит тэрийэн ыыппыппыт. Ити кэмҥэ кини юбилейнай дататыгар ким даҕаны Партия Обкома да, Намнааҕы Райком да кыһамматахтара. Онон И.Е.Винокуров үлэтин-хамнаһын, олоҕун остуоруйатын аан маҥнай киэн соҕустук «Хатыҥ-Арыы» совхоз Парткома бэлиэтээбитин иһитиннэрэбин.

             Ити туһунан ахтыы-матырыйаалы И.Е.Винокуров музейыгар 08.02.2017 с. биэрбитим.

             Манан «Хатыҥ-Арыы совхоз» партийнай Комитетын үлэтин туһунан ахтыыбын түмүктүүбүн. Оччотооҕу үлэни-хамнаһы төһө өйдүүрбүнэн суруйа сатаатым, элбэх өйдөбүнньүк киирбэтэҕэ буолуо, ону билэр дьонум бырастыы гынын. Кинигэ тахсарыгар ситиһиини баҕарабын, дьоһуннаах үлэ түмүктээх буоллун.

Илья Гаврильевич Лукин – Нам улууһун бочуоттаах киһитэ,

Государственнай сулууспа уонна педагогическай үлэ

 бочуоттаах ветерана, сэрии сылын оҕото,

1985-90сс. «Хатыҥ-Арыы совхоз» парткомун секретара.

19.02.2023с.

с 001_edited.jpg

Рехлясов Валентин Степанович

      Мин «Хатын Арыы» совхозка 1976 сыл атырдьах ыйын 2 кунуттэн уэрэхпин бутэрэн улэгэ киирбитим. Созхоьу Винокуров Дмитрий Дмитрьевич салайар этэ. Улэбин тутуу маастарынан сагалаабытым, старшай прорабынан Уларов Анатолий Васильевич улэлиирэ. Сана улэлээн эрэр уолу Дмитрий Дмитрьевич куоракка илдьэ киирэн туьааннаах тутуу тэрилтэлэри, кинилэр салайааччыларын кытта билиьиннэрбитэ. Ол сагана коммунистическай партия ханнык багарар тэрилтэгэ иккис салайааччы этэ. Совхоз партийнай комитетын убайым Рехлясов Егор Павлович салайара, ити дуоьунаска уонча сыл улэлээбитэ. Ити бириэмэгэ совхоз главнай зоотехнигынан Новгородов Петр Егорович, главнай агрономунан Евсеев Степан Спиридонович (кэлин директоры хаьаайыстыбайнай чааька солбуйааччынан), главнай инженерынан Васильев Аркадий Иванович, главнай ветвраьынан Николаева Александра Прокопьевна (онтон Аммосов Дмитрий Николаевич), главнай экономиьынан Попова Мария Семеновна, главнай бухгалтерынан Ядреева Марина Федотовна (кэлин Павлов Василий Иванович), старшай диспетчерынан Марков Герасим Афанасьевич улэлииллэрэ.

      Ити кэмнэргэ совхозка эдэр уолаттар агрономнар Винокуров Петр Климович, Семенов Гаврил Иннокентьевич, Григорьев Тихон Тихонович, механик Пинигин Андрей Дмитрьевич, эдэр ыччат улэтигэр Пономарев Николай Софронович, спортинструкторынан Ноговицын Дмитрий Иванович, ветеринарнай быраастар кэргэннии Анатолий уонна Ольга Пуевтар уерэхтэрин бутэрэн улэлии кэлбиттэрэ. Алексеев Афанасий Кирилловиьы учууталлыы сырыттагына совхоз профсоюьун рабочай комитетын (рабочком) салайааччытынан анаабыттара, кини иннинэ рабочкомунан Никитин Василий Максимович уонна Леонтьев Роман Романович улэлээбиттэрэ.

         Ол сылларга совхоз сана тэриллибит буолан сана тутуу суогун кэриэтэ этэ, туерт беьуелэгинэн биир пилорама Аппааныга билигин оскуола уонна стадион турар сирдэригэр баара,. Улэьит илии тиийбэт буолан тутууга олохтоох дьон улэлээбэт этэ, сылаас кэмнэргэ кэлии биригээдэлэр куустэринэн тутуу барара. Совхоз бэйэтин кууьунэн тутуу ыытарын Тыа хаьаайыстыбатын министерствота быьаччы суруннурэ, уксун олорор дьиэлэри, хотоннору, кыра производственнай объектары тутары былаанныыра. Социальнай объектары барытын подряднай тэрилтэлэр Якутмежколхозстрой, Якутсельстрой туталлара Ол сагана совхоз бюджэттэн убулэнэр этэ, харчы баар курдук эрээри тутуу материала (мастан ураты) атыыга олох суох этэ, барытын кииннэммит фонданан тунэтэллэрэ. Билигин курдук материал арааьа суох буолан тутуу объектара барыта мастан оноьуллаллара. Онон тутуу маьын бэлэмнээьин улэбит биир сурун салаата этэ.

 Соготох пилораманы Игнатьев Кирсан Кирсанович салайара. Кирсан Кирсанович ити пилораманы ессе созхоз тэриллиэн инниттэн хаьан бэйэтэ кырдьыан улэни кыайбат буолуор диэри керен-истэн улэлэппитэ, совхоз тутуутун хааччыйара, ону таьынан чааьынай дьиэ маьын кытта эрбэтэрэ. Пилорамага Кирсан Кирсанович салалтатынан Охлопков Валерий Прокопьевич, Гаврил уонна Михаил Харитоновтар, Винокуров Юрий Васильевич, Саввин Савелий Васильевич, кэлин эдэр уолаттар Алексеев Василий Николаевич, Сивцев Владимир Тарасович, Кирсан уолаттара Григорий уонна Александр таьаарыылаахтык улэлээбиттэрэ. Онтон пилорама маьын агалан, илдьэн бэриини Попов Николай Андрьевич МТЗ-82 тракторынан солбуга суох хааччыйан кэлбитэ. Тутуу маьын совхоз бэйэтин кууьунэн кэрдэн, тиэйэн киллэрэрэ, сылга 1,5-2,5 тыьыынча кубометр бэрэбэнэ бэлэмнэнэр этэ. Мас кэрдиитигэр трактористар Иван Васильевич Эверстов уонна Николай Алексеевич Аммосов ер сылларга, Владимир Егорович Гоголев, Александр Захарович Винокуров сатабыллаахтык улэлээбиттэрэ. Аммосов Н.А. ону таьынан ДТ-75 тракторга погрузчик кэтэн тутууну араас материалларынан хааччыйара, ити гусеницалаах погрузчигы толору баьылаан ункуулэппэт эрэ этэ, биьи кини улэтин керен сегер, астынар этибит. Бэлэмнэммит маьы ыраах сытар дэлээнэттэн опыттаах, урдук таьымнаах суопардар Игнатьев Василий Васильевич, Марков Егор Елисеевич, Петренюк Дмитрий Дмитрьевич, Романов Петр Петрович, Икаев Валико Леванович, Сивцев Михаил Борисович, тракторист Эверстов Виктор Елисеевич араас маркалаах техниканы лесовоз онорон таьаллара. Куннэ анал суола суох уонтан тахса кестеех айанна иккилиитэ кырыналлар этэ.

            1981 – тэн 1990 сылга диэри совхоз старшай прорабынан улэлээбитим. 1981 сылга Терентьев Семен Гаврильевич олохтоох уолаттары тумэн тутуу биригээдэтин тэрийбитэ.. Кэлин бу биригээдэни Ноговицын Николай Николаевич салайбыта. Уолаттар хас да 4-туу квартиралаах олорор дьиэни, Хойоно уонна Туора сайылыктарын, сана пилораманы, столярнай сыагы уонна да атын араас объектары туппуттара, хотоннор еремуеннэрэ кинилэр куустеринэн барара. Аппааныга ремонтнай мастерскуой таьыгар эргэ кыракый мас дьиэгэ баанньык баара, онно столярнай сыагы аспыппыт, бастакы столярынан Чириков Николай Егорович улэлээбитэ. Кэлин сана тутуллубут столярнай сыахха билинни улуус баьылыга Слепцов Юрий Иннокентьевич совхоз тутуутугар улэтин сагалаабыта.

      Совхоз тутуутун салаатыгар миигин кытта ага саастаах убаастанар дьон: Охлопков Михаил Николаевич, Сивцев Иннокентий Афанасьевич, Варламов Константин Петрович улэлэспиттэрэ, анал тутуу уерэхтэрэ суох эрээри кинилэр улэгэ-олоххо баай опыттара, улэгэ олус кемелеех этэ. Ыйдаагы тутуу отчуотун бириэмэтигэр хаачыстыбалаахтык онорон туттарыыны бухгалтер Соловьева Зоя Кононовна кытаанахтык хонтуруоллуура, бэрээдэктээбитэ.

           Сыл аайы совхоз тутуутун салаата туьэриллибит былааны толороро, уопсайа 12 туертуу квартиралаах дьиэни; 2 баанньыгы; 3 ого улэ-сынньалан лаагырын; биир кулуубу; 11 суус тебелеех, биир икки суус тебелеех суеьу хотонун; биир гарааьы; хортуопуй хранилищатын; заправочнай станцийаны; столярнай сыагы; эбии 2 пилараманы уонна да атын производственнай объектары туппуппут.

Совхоз улэтин салаата огус, улэьит илии олох тиийбэт этэ. Онон саас аайы бааьына бутэйин маьын бэлэмнээьиннэ, тутууга, сайын алаас сирдэргэ кэбиьиилээх оту куруелээьиннэ, Граф Биэрэгэр баржаттан комбикорм суекееьинигэр, куьун хортуопуй хомууругар субботниктар ыытыллар этилэр. Онно хонтуора, мастерскуой, тутуу улэьиттэрэ уксун кытталлара, олус тэрээьиннээхтик улэлиир этибит.

Созхоз тутуутун араас кэмнэргэ тутуу специалистэрэ Куличкин Григорий Григорьевич, Лукин Степан Степанович уонна Слепцов Юрий Иннокентьевич салайбыттара.

                 1990 сылга совхоз директорынан талыллан 1994 сылга диэри улэлээбитим.

 Ол кэммэргэ Хатын-Арыы совхоз оройуон биир сурун тэрилтэтэ этэ. 4200 ынах суеьулээх (ол иьиттэн 550 ыанар), 1200 биэлээх, 120 ийэ тебе саьыллаах, 2600 га туораахтаах культура бааьыналаах, 250 га сиргэ хортуопуй олордоро. Сайын 7000-7200 тонна оту оттуурбут, 700 тонна сиилэс бэлэмниир этибит, Совхоз сыл аайы 1200-чэ ньирэйи атын хаьаайыстыбалартан атыылаьан керен-истэн уотан государствога туттарара. Совхозка уопсайа 450-чэ олохтоох дьон улэлиирэ.

               Хатын-Арыы совхоз сылга ортотунан 550 тонна ууту, 700 тонна эти, 700 тонна хортуопуйу уонна саьыл тириитин 66,0 тыь. солк.(1990 сыл сыанатынан) государствога туттурара.

            Совхоз бастаан икки отделенийалаага: Аппааны уонна Бетун; икки биригээдэ баара: Кыьыл Дэриэбинэ уонна Искра. 1980 сылтан биригээдэлэр отделенийа буолбуттара. Аппаны уонна Искра суруннээн эт, Кыьыл Дэриэбинэ уонна Бетун уут хайысхалаах этилэр.

Аппааны отделенийатын бастаан Муксунов Дмитрий Иннокентьевич, кэлин Евсеев Дмитрий Егорович, Степанов Николай Лазаревич, Алексеев Афанасий Кириллович салайбыттара. Бетуннэ Петров Иннокентий Евтропьевич, Кугданов Михаил Федорович, Макаров Алексей Михайлович улэлээбиттэрэ. Кыьыл Дэриэбинэ отделенийатын Платонов Виссарион Егорович, Сивцев Иван Наумович, Ноговицын Дмитрий Иванович араас кэмнэргэ салайбыттара. Афанасьев Захар Захарович Искра отделениятын ер сылларга пенсияга тахсыар диэри салайбыта, кэлин салайааччынан Эверстова Ирина Николаевна ананан улэлээбитэ.

              Мин кэргэним Рехлясова Надежда Захаровна сана тэриллибит Хатын Арыы совхозка оруобуна 20 сыл биир тутаах бухгалтерынан улэлээбитэ. Рехлясов В.С. 03.03.2023с.

Маркова Екатерина Ильинична ахтыыта

         1950 сыллаахха үс колхоз- Карл Маркс, Кыһыл Дэриэбинэ, Искра Бөдөҥсүйэн, Карл Маркс аатынан колхоз буолбут, онтон нэһилиэктэрин Хатыҥ-Арыы диэн ааттаабыттар. Онон мин Хатын-Арыы нэһилиэгэр төрөөн, харыс да сири халбарыйбакка олоробун.

Үлэм киниискэтиттэн көрдөххө 1976 сыл саҕаланыытыгар уочараттаах бытарыйыы буолан 4 отделениялаах Хатын-Арыы совхоз буолбут. Мин оччолорого Д-75 тракторга үлэлии сылдьар этим, Аппааны отделениятыгар. 4 трактордаах звено буолан кыһын от тиэйиитигэр, саас хаар типтэрэр этибит, сиэрдийэ бэлэмниир этибит. Хаар типтэрэр тэрили мин кэргэним Былгаев Анастас Иванович сельскай механизатор сурнаалтан көрөн чертеж оҥорбутунан бэйэбит оҥорбуппут 3 тракторга. Онтон сиэрдийэни тиэйэргэ тимир ылахтаах тэттик сонор тэрили эмиэ мин кэргэним чертеж оҥорбута, кини дойдутугар оннук сыарҕанан оттор маһы соһор эбиттэр. Сиэрдийэни тиэйэргэ трактор кэннигэр гидравликаҕа холбонор вилка оҥостор этибит.

               Саас ыһыыга барар этибит. Поварынан Винокуров Клим Петрович солбуллубат үлэлээх этэ, уһун остуол туоратыгар мясорубка мэлдьи турар буолара, наар кытаанах сылгы этин буһарар этэ. Араас кэмҥэ бииргэ үлэлээбит уолаттарым бары да талбыт курдук инники күөҥҥэ сылдьар эр хоһууттар этилэр. Носков Дм.Дм. биллиилээх хортуоска үүннэрээччи, саас эрдэттэн бааһыналарыгар балбаах таһан үрдүк үүнүү туһугар үгүс сылларга, олоҕун тиһэх күннэригэр диэри үлэлээн Хатын-Арыы совхоһу элбэхтик ааттаппыт, босуот знага орденнаах аҕа табаарыспыт этэ. Эрдэ олохтон туораабыт Сивцев Ю.А., Охлопков Р.С. сайынын оттуур биригээдэлэри салайан Хатын-Арыы совхоз туһугар элбэх көлөһүннэрин тохпут, сэмэй кылааттарын киллэрсибит, туруук үлэһиттэри мэлдьи ахта-саныы сылдьыахпыт. Дт тракторга араас кэмнэргэ бииргэ үлэлэспиттэрэ Аммосов Н.А., Дьяконов Г.Н., Дьяконов И.С. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор.

Сир үлэтигэр киирдэххэ Хатын-Арыы совхозка 2208 га бурдук бааһыналааҕа. Совхозка Саха Республикатын үтүөлээх агранома Еремеев Илья Лазаревич кэлиэҕиттэн сир үлэтэ күүскэ сайдан барбыта. 1 К-700А, 2 К-701 трактордар, элбэх прицепной техника, улахан трактордар булууктара, КПШ – плоскорез кэлбиттэрэ. Машиннай двор үлэтин сөргүппүтэ, салайааччынан Сивцев Юрий Алексеевич ананан үлэлээн барбыта, Юрий Алексеевич Дьоҕура онно күүскэ арыллыбыта. СПТУ оҕолорун практикаларын ыытан үөрэтэн, 1-2 постояннай үлэһиттээхприцепной техниканы кыһыны быһа ремоннаан, сайын биһиэхэ сиргэ үлэлээччилэргэ улахан төһүү буолбута. 1980 сыллаахха миигин уонна Эверстов Василий Васильевичы Чурапчы Одьулуунугар улахан трактордарга үөрэтэ ыыппыттара. Бүтэрэн кэлээт Эверстов Иван Васильевиһы кытта К-700А тракторынан хорутууга үлэлээн барбытым. Илья Лазаревич 2хонуулаах ….оборотунан үлэлиир үрдүк үүнүү түмүгэ буолар диирэ. Мэлдьи Урал мотоциклынан кэрийэн көрөн, сүбэлээн, ардыгар лекция ааҕан барар этэ. Кини такайыытынан мин сири хорутууга республикаҕа 3 төгүл чемпионнаан, Дальнай Восток зонатыгар 2 төгүл бронза мэтээлгэ тиксэн 1993 сылга Российскай Федерация үтүөлээх механизатора буоларбар төһүү буолбута буолуо.

            Үлэм киниискэтигэр 17 сыл тракторга үлэлээбит стажтаах диэн сурулла сылдьар.

      Үлэ-үлэнэн, ол быыһыгар совхозка, оройуоҥҥа, республикаҕа ыытыллар остуол тенниһигэр кэргэмминээн мэлдьи кыттар этибит. Совхозпутугар мэлдьи чемпионнуур этибит, оройуоҥҥа даҕаны хаста да бастакы миэстэлэри ылаттаан, республикаҕа кэргэним Анастас Иванович бириистээх миэстэлэргэ мэлдьи тиксэр этэ, кини теннискэ 1 разрядтаах этэ. Волейболга эмиэ күүстээх оонньооччу этэ.

Билигин кырдьан олорон санаан көрдөххө биһиги албан ааттаах үлэһит дьоньон эстафета ылан, куһаҕаннык үлэлиир бырааппыт суох курдук. Хатын-Арыы нэһилиэгин историятыгар үйэ-саас тухары ахтылла турдуннар, мин киэн туттар Сивцев Петр Гаврильевич, Винокуров Захар Авксентьевич, Левин Лев Львович, Носков Дмитрий Дмитриевич.

Туһаммыт кинигэлэрим:

 Н.Гаврильев «Хатын-Арыы нэһилиэгэ»,

Еремеев И.Л. «Нам сирин уустара».

IMG_20230303_200507.jpg
IMG-20230305-WA0004.jpg

Марков Егор Елисеевич ахтыыта.

              Мин 1947 сыллаахха алтынньы 28 күнүгэр Марков Елисей Алексеевич, Попова Александра Иннокентьевна  үс оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕоннон төрөөбүтүм. Сэрии кэннинээҕи ыар сылларга төрөппүттэрим, бииргэ төрөөбүттэрим өлбүттэрэ. Кыра сааспар тулаайах хаалан эдьиийим аахха биэс оҕолоох Татьяна Моисеевна Сидор Герасимович Стрекаловскайдарга иитиллибитим.

     13 сааспыттан Карл Маркыс колхозка үлэһит буолбутум, үлэбин тракторист Сивцев Петр Гаврильевичка бырысыапсыгынан саҕалаабытым. Киниэхэ үлэҕэ эриллэн техникаҕа  сыстаҕас буоламмын колхоз 1963 с  трактористар куурустарыгар ыытан үөрэттэрэн тракторист идэтин баьылаабытым. Бастаан белорусь тракторынан нэһилиэккэ мас тиэйиитигэр сылдьыбытым. Кэлин ДТ-75 тракторга көспүтүм. Онно кыһынын Носков Дмитрий Дмитриевичтыын тохтоло суох колхоз сүөһүтүгэр уонна чааһынайдарга от тиэйэрбит. Сайынын Соловьев Алексей Пудович биригэдьиирдээх оҕуруот биригээдэтигэр Эверстов Иван Степановичтыын үлэлиирбит: кини культиваторга, мин уу ыстарыытыгар сылдьарым. Оҕуруот аһын арааһын олордорбут: хаппыыста, оҕурсуу, помидор, субүөкүлэ, турнепыс, подсолнух, моркуоп бэл диэтэр кукурузаны кытта олордорбут. Бааһыналарга Бурдук, эбиэс ыһарбыт.  Ол курдук уонча  сыл трактористаабытым. Үлэм былаанын толорон улууска, совхозка хас да төгүл чемпион аатын сүкпүтүм. Ити сылларга үлэлээбит үлэбин үрдүктүк сыаналаан Правительство В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан «Килбиэннээх үлэтин иһин» уонна «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээллэринэн комсомол Киин комитетын знакторынан, Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай грамотатынан наҕараадалаабыта.

            1975-76 сыллардаахха куоракка суоппардар курстарыгар үөрэнэн кэлэн Хатын-Арыы совхозка молоковоз, бензовоз массыыналарга үлэлээбитим. Кэлин ИМЗ-55Н массыынаҕа суоппардаабытым. Ол сылларга Уваровскай Владимир Петрович, Павлов Валерий Васильевич, Павлов Василий Васильевич, Игнатьев Василий Васильевич, Петренюк Дмитрий Дмитриевич, Чириков Михаил Егорович, Эверстов Егор Петрович, Дмитриев Петр Михайлович, Кириллин Николай Михайлович, Доромонов Иван Иванович, Гаврильев Семен Николаевич буолан үлэлээбиппит. Кангаластан таас чох таһарбыт, Золотинкаттан комбикорм, Большой Невертан совхоз, райпо, тутуу онтон да атын тэрилтэлэр таһаҕастарын тиэйэрбит. Бурдук быһыытыгар комбайыҥҥа үлэлиирим. Ити курдук совхоз ыһыллыар дылы үлэлээбитим.

 Совхоз эстибитин кэннэ Кириллин Николай михайлович директордаах «Маай» подхозка, Егоров Владимир Семенович директордаах кирпииччэ заводугар, Федоров Алексей Степанович директордаах «Намавтодор» тэрилтэҕэ, Попов Валерий Николаевич директордаах Нам улуустааҕы гимназиятыгар, Ноговицын Дмитрий Иванович директордаах Хатыҥ-Арыы орто оскуолатыгар, Егоров Борис Прокопьевич директордаах Намнааҕы спортивнай оскуолаҕа оҕолору таһыыга үлэлээбитим. 2003 сылтан пенсияҕа тахсыбытым уонна 2010 сылтан үлэттэн тохтообутум. Үлэм стааһа 50 сыл, онтон 34 сыла суоппарынан, 13 сыл тракториһынан.

      Билигин кэргэмминээн Мария Николаевналыын түөрт оҕобутун үлэһит оҥортоон,, сиэммитин көрөн, кэтэх хаһаайыстыба ииттэн, сайынын оттоон, сайылыкка сайылаан, кыһынын дэриэбинэҕэ көһөн киирэн олоробун.

bottom of page