Хатын-Арынская сельская библиотека
Чаҕылҕан туһунан интэриэһинэй түгэннэр.
* "Илья Дорофеевич доҕотторун көрүстэҕинэ: "Туругур!" диир үгэстээх буолара"
С.Кулачиков-Эллэй
* "Сибииргэ тэриллибит хайыһар биригээдэлэрэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1942 сыллааҕы кыһыҥҥы кыргыһыылара өстөөҕүкыайан-хотон фроннарга тосту өҕүллүүнү таһаарбыттарын история кырдьыга бигэргэтэр. ол кыайыыны кынаттаспы, сэрии ыарын санныгар сүксүбүт оччотооҕу тыйыс кэм саллаатын кытары тэҥҥэ эрийэ-кыһалҕаны, сору-муҥу үллэстибит ырыа "Хайыһар" ырыата буолар".
Сэмэн Тумат
* "Кини атын дойдулар уонна нуучча классическай, сэбиэскэй литератураларын үчүгэйдик билэрэ, бэйэтин кэминээҕи сэбиэскэй поэзия бүтүннүүтүн ис номох, форма өттүнэн ситиһиилэрин кэтиирэ, чинчийэрэ, үөрэтэрэ. Уонна онтукатыттан сахалыы национальнай поэзияҕа хабааннаах түгэннэри айымньылаахтык туһанара. Онон төрөөбүт поэзиятын, холобура: жанр, ритм, рифма, ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма өттүнэн биллэрдик байыппыта. Быстахтык ыллахха романсы, оданы, элегияны сахалыы аан бастаан кини суруйталаабыта".
Софрон Данилов
* "Ылдьаа 15 эрэ саастааҕар сири түҥэтэр комиссияҕа секретардаабыта, УУс Алдан батараактарын дьадаҥыларын комитетын председателинэн үлэлээбитэ. Итиннэ сылдьан олох саамай уустук боппуруостарын билбитэ, быһаарсыбыта. Онон айар үлэтигэр да олору тумнубатаҕа. Ол курдук сымыйанан, баай балыырынан атаҕастаммыт саха дьахтара былаастартан кырдьыгын булбакка бэйэтигэр тиийинэн өлөрүн туһунан "Ыйаммыт" диэн хоһооно архыыбыгар баар. Ону мин хойут "Туймаада" хаһыакка 1994 с. атырдьах ыйын 18 күнүгэр бэчээттэппитттээхпин.
Оттон "Кыһыл ыллык" сурунаал 1935 с. 5-6 нүөмэригэр "Кырдьыбат сүрэх" диэн кэпсээни бэчээттэппитэ. Онно кини Үөдэй нэһилиэгин киһитэ Холмогоровы, туох да онно суох кулааҕынан аахпыттарын кэпсиир. Тоҕо инньэ гыммыттарын төрдө: маннык улахан нэһилиэккэ кулаак ахсаана элбэх буолуохтаах диэн. Дойдутугар кырдьыгын булумматах Холмогоров куоракка киирэн тутууга үлэлээн, колхоһугар төннөн үтүө аатын тилиннэрэр. Маннык боппуруоһу саха литературатыгар ким да көтөхпөтөҕө".
"Ылдьаа о5о эрдэ5иттэн, хаана тардан, муусука5а сыста5ас этэ. Үлэһит буолан, дьиэлэнэн-уоттанан, элбэх доҕордонон баран дьону үчүгэйдик ыллыырынан сөхтөрөрө. Куолаһа лирическэй сопрано буолан ордук Ленскэй ариятын, А. Софронов "Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр" ырыатын сөбүлүүрэ. Ону чугас доҕотторо бигэргэтэллэр.
Ылдьаа:"Эйиэхэ кэллэхпинэ оонньуур музыкальнай инструменым суох. Гитараны атыылаһыах". Онтон ыла Тихоновтар дьиэлэригэр "Чаҕылҕан гитарата" диэн баар буолбут. Гаврил Павлович ийэтэ туох да иһин атын дьоҥҥо таарыттарбат да үһү."
Тобуроков Н.Н.